Үрүҥ
тунах
(mp3) |
Хатылаевтар
- хомус профессионалара. Айар үлэлэригер норуот дириҥ духуобнай
култууратын бары утумун сайыннараллар, ол иһигер хомус муусукатын ордук
ойуччу тутан. Бу
"Дьүһүлгэн" түмүгэ хомус сүрүн истиилин
"Сыыйа
тардыыны", саҥа ньымалары кытта табыгастаахтык аттаран, сэргэх
айымньылары чочуйбуттар.
Ис
хоһоонунан хас эмэ үйэ сабарайын хабар
"Боотурдар", "Олох",
"Үрүҥ
тунах" айымньыларга уустук философия алтыһыр. Тэтим, тиэмбир, дьүрүс
акустика санаа ситимин тыыннаан, Сир Ийэҕэ сырдык-хараҥа өрүү
утарсыытын хоһуйар уратылаахтар.
Саха сирин
баай-талым айылҕатын, киһи-сүөһү, кыыл-сүөл олоҕүн отуорун эмиэ
хомус уратытык хоһуйар,
"Көтүү", Дьыл кэмнэрэ",
"Ат айана", "Күөрэгэй" айымньылар ис хоһооннорун ситэритик арыйар. Оттон
"Бэйбэри", "Кытыл" - ааптардар иХирэх иэйиилэрэ иҥмит айымньылара.
Тута хоһуйуулар буолан, араас аттарык санаалар түмүллүбүттэр. Хомус
кыаҕынан саҥалыы тыын илгийэр.
Клавдия,
Герман Хатылаевтар бу дьүһүйүүлэриттэн сылык санаа үөскүүр: хомус
муусукатын эгэлгэ кустугун туһанан ааптардар өссө киэҥ хабааннаах
айымньылары айыыһыктар. Хомус этигэн кыаҕынан эпическэй да
суолталаах, ураты ис хоһоонноох муусука дьүрүскэнин чочуйуох
түгэннэрэ үүнүө диэн эрэнэбин.
филол.н.д., профессор Алексеев И.Е. - Хомус Уйбаан
|